kalimah.top
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

fiesta(ykt) & ponsash – бэйэ дьоно (our people) كلمات اغاني

Loading...

[текст песни «бэйэ дьоно»]

[интро: fiesta]
это больше, чем бизнес
это больше, чем спорт
это предназначение
раз уж мы посвятили этому жизнь
давайте сделаем что_то стоющее
бэйэ дьоно

[припев: ponsash]
бэйэ дьоно
иһит ноко
саха омук бу холбонно
бэйэ дьоно _ бэйэ дьоло
саха омук босхолонно
[куплет 1: fiesta & ponsash]
хайп хабаары, хайа тардаары
хайҕабылга хараары
онно_манна хапсаары_хайаары
хапсаҕайдыы хатыйталаары
һалыннараары, һарылаары
һаайбатыбыт һааскалыын comeback (е_е_е)
back to back, бэрт да бэрт
backyard band _ banger brand
истэн ылабын sade под шафе
сыттаабаппын кока да chanel
киир_аас, аан аһаҕас
хааллар таһаҕас, хайа тыһаҕас
этиий атас
ама астаабытай манна манныгы алҕас? (а)
сүрэҕи сылытар, тырыта тыытар
элбэҕи ырытар, бу трек ытар
yрдүбэр былыттар, үрэллэр ыттар
ол эрэн мин ырыам өрө ыттар
туругум сэнэх, кутум сэдэх
тумнар сиэмэх, тылым симэх
айар бэлэх, кэхтэр сэрэх
бэйэ дьоно family
эҕэрдэ уолбутугар _ s.a.f.e
амарах аҕалар, оҕолуу ааҕаллар
киһилии таһымы ким хаһан аҕалар?
манан марай, инэн ньаҕай
сирэй _ харах дьабах, пахай
дьай адьарай аһай хайдах най барбытай?
табалары балары барыларын
абытай хайдах айбытай?
[припев: ponsash]
бэйэ дьоно
иһит ноко
саха омук бу холбонно
бэйэ дьоно _ бэйэ дьоло
саха омук босхолонно

[2 куплет: fiesta & ponsash]
ырыаҕа_сыанаҕа биири этэр
олоҕор олох олус атыны кэрдэр
оҕолор оннук чипинкостар
манна элбэхтэр
fiesta and pons’ _ саха рэп boss
респектос
bro күүстээх репост
бу ситтэрбэт кросс
иван арбита кэриэтэ бэйэтэ
илиибэр уран тыл бэстэлиэтэ
ол бэлиэтэ _ rap элиэтэ
падикка, крузакка, тусаҕа да, хатаҕа
бэйэ дьоно _ хата баҕа
хаһан баҕар, ханна баҕар
улахан саҕа буолбакка тарҕат сырдыгы саҕа
илгистэбин, истэбин илгэбин
илэ билигин иилэбин илбиини
илиибин, билиибин, тиэрдэбин_биэрэбин
тиэрэбин тириибин, уһуктан эрэбин
киирэн киирсэн ис, элбэҕи эккирэтис
бэйэҕин ситис, кэрэни бэрис
рэпка братка миэнэ халлааным 12_ис
салгыы билис, төрүт силис
айымньым, ымыым илбис
cүрэҕим миэнэ бэйэтэ тэбиитэ _ green peace
фриктарга, фейктарга fiesta (og)
оҕонньор оҥорор diss
билэбин диибин, бэйэбин ирдиибин
тугунан итиибин?
биэрэбин итиибин
эргиллибэтибит бэйэбитин көрдөрөөрү
кэлбэтибит манна дьоҕурунан өҥнөнөөрү
өҥөйдүбүт арай барбах
көлүөнэлэри көннөрөөрү
[аутро: fiesta & ponsash]
эргиллибэтибит
эргилли_
кэлбэтибит
өҥөй_
көннөрөөрү
кырдьаҕас бөрөлүү, ол кэннэ өрөөрү
бэйэ дьоно
бэйэ дьоно
бэйэ дьоно _ бэйэ дьоло

كلمات أغنية عشوائية

اهم الاغاني لهذا الاسبوع

Loading...