jeedda - олохпун салгыыбын (life goes on) كلمات الأغنية
[текст песни «олохпун салгыыбын»]
[припев]
олоҕун устара бытаан ону эн уларытыма
ааспыты кэпсээн оҥосто сатаама
күн сылааһын олоҕун баһа оҥостума
сылаас салгын сипсийэрин эн истэ сатаа
ааспыты кэпсээн оҥосто сатаама
сылаас салгын сипсийэрин эн истэ сатаа
[куплет 1]
хаамабын суол устун
тутустум халлаан сулустарын
батыстым ааспыты таастыы умсабын
тыал сайыспыттыы саас салгынын ыйыста
ыраас халлааҥҥа соҕотох ый устар
кууста миигин салгын салгыы хаҥас хайыстым
сырдык уулусса устун устан аастым
бүгүн тахсабын дьиэм сылааһыттан арахсан
ый барахсан тахсан соҕотохсуйан угуйар
кубулуйар сарсыарда дьыбарынан тыынабын
арыйабын саҥа кэпсээни ону эн кимиэхэ да кэпсээмэ
харахпын быһа симтим
өйдүүбүн киһи уонна салгын ситимин
сибилигин ситэ силигилии илигинэ ыллыам
олохпуттан үөрэбин сорох сүрэх хатылыа
бүгүн үтүө түүн тыал сулус сылаас салгын
таптыыбын мин олоруом салгыы
[припев]
олоҕун устара бытаан ону эн уларытыма
ааспыты кэпсээн оҥосто сатаама
күн сылааһын олоҕун баһа оҥостума
сылаас салгын сипсийэрин эн истэ сатаа
ааспыты кэпсээн оҥосто сатаама
сылаас салгын сипсийэрин эн истэ сатаа
[куплет 1]
чаастатык мичээрдиибин эдэрбин үөрэбин
кэлгийэр эрэй быатын букатын мин сүөрэбин
үтүөнү үксэтээрибин мин салгыыбын тыыммын
эн эмиэ эргитимэ эдэр киһи эрэллэргин
эргийэн көрүүй сөрүүн тыал эчи сылааһын
күн сырдыга таҥара биэрэрэ эчи арааһын
батыһыма сыыһаны айыы суолун оруола
хайа баҕарар уолу кыыһы сыыһаттан быыһыыр
алтыһыма талаһыма алаһын аһыныма
хаһааныма хомолтону ол туһунан соһума
тутуһума уһата сата кыһаныма
аһара сааһылаама сыыһаны туора хайыһыма
хаамабын оргууй туойабын ый ырыатын мин
сөрүүн салгын алгыыр ырыабын
олохпун салгыыбын ылбатын эйигин
курус санаа тутус сырдатыа суолгун сулус
[припев]
олоҕун устара бытаан ону эн уларытыма
ааспыты кэпсээн оҥосто сатаама
күн сылааһын олоҕун баһа оҥостума
сылаас салгын сипсийэрин эн истэ сатаа
ааспыты кэпсээн оҥосто сатаама
сылаас салгын сипсийэрин эн истэ сатаа
كلمات أغنية عشوائية
- anne sylvestre - aveu كلمات الأغنية
- original tonio - trop méchants كلمات الأغنية
- a-game - riders of the storm (rough, unmixed) كلمات الأغنية
- margeaux - killer cops كلمات الأغنية
- anıl piyancı - sandığın gibi değil كلمات الأغنية
- kaisa & hassmonstas - sonnengläser bei nacht كلمات الأغنية
- anne sylvestre - porteuse d'eau كلمات الأغنية
- caballero & jeanjass - rien de grave كلمات الأغنية
- anuel aa - la última vez كلمات الأغنية
- bombadil - not those kind of people كلمات الأغنية