jeedda - мин тапталым (my love) كلمات الأغنية
[текст песни «мин тапталым»]
[куплет 1: jeedda]
күнтэн күн эн эрэ аатыҥ мин уоспар
эн эрэ аттыбар бааргына сүрэҕим уоскуйар
олоҕум эриэннэрин эйигин кытта туоруом этэ
тиийиэм этэ мин ол кытылбар
анал бу дойдуга туойарга угуйар
оргууй кут умайар, кутаа уот умайар
куотума, ыраатыма, атыны ааттаама
хараҥа быатын быһан ис, харыстаама
бастаан күндү сөкүүндэ, онтон үйэ
тапталы күннээҕи олох сүүйэр, үтүйэр
бэринимэ, сыһыаны сыыһа аайы ыытыма
күндү киһим эн эрэ күн миэхэ түстүн
[припев: ника & jeedda]
олоҕум ыраас суолун күн буолан сырдатыаҕым
хоргутар күннэргэр ардах буолан ытыаҕым
аналбын көрдүүрбүн харахтарбар көрдөргүн
тапталбын таайдаргын ытыам суоҕа этэ мин
мин сүрэҕим, кыракый сүрэҕиҥ
тугу кистиирин, кистиигин
таайбаккын эн
[куплет 2: jeedda]
көрдүм эн хараххар ааспыт олоҕу
онно мин өрүү буоларын курдук соҕотоҕун сылдьарым
сыллар аастылар, билигин миэхэ сылаас
оргууй даҕайабын эн илиигин
андаҕай миэхэ, мин күрэнэр да күммэр
барар да түүммэр, кубулуйаар мин түүлбэр
дьолу эйиэхэ бэлэхтиир мин ырыам
ыраатар күммэр эн аттыгар
мин ырыанан өрүү баарбын
соҕотох тапталбар уунабын
умнума, эйигиннин мин уларыйдым
айдым кинигэм, киинэм, кэнсиэр, ити таах
арай эн эрэ аатыҥ миэхэ өрүү суолталаах
арый ааны, миэхэ санаар аны аан дойду
эн аттыгар эмиэ мин манньыйаммын утуйдум
уйдум сүрэх баҕарарын сүhүөҕум
тапталым таҥаратыгар үҥүөҕүм
[припев: ника]
олоҕум ыраас суолун күн буолан сырдатыаҕым
хоргутар күннэргэр ардах буолан ытыаҕым
аналбын көрдүүрбүн харахтарбар көрдөргүн
тапталбын таайдаргын ытыам суоҕа этэ мин
[аутро: ника]
олоҕум ыраас суолун күн буолан сырдатыаҕым
хоргутар күннэргэр ардах буолан ытыаҕым
كلمات أغنية عشوائية
- sigit - detourn كلمات الأغنية
- aloha - ruins كلمات الأغنية
- luis enrique - sabes كلمات الأغنية
- luis enrique - al fin كلمات الأغنية
- knorkator - zoo كلمات الأغنية
- knorkator - gv كلمات الأغنية
- knorkator - l كلمات الأغنية
- aloha - waterwheel كلمات الأغنية
- 2face idibia - ihe neme كلمات الأغنية
- enuff znuff - fingers on it كلمات الأغنية